Пройти онлайн опрос удовлетворенности граждан Чемоикинской сельской библиотеки.

Заранее всем спасибо!


https://forms.mkrf.ru/e/2579/xTP

Quality results with us

Aliquam mattis neque justo, non maximus dui ornare nec. Praesent efficitur velit nisl, sed tincidunt mi imperdiet at. Cras urna libero, fringilla vitae luctus eu, egestas eget metus. Nam et massa eros. Maecenas sit amet lacinia lectus.

Maecenas ut mauris risus. Quisque mi urna, mattis id varius nec, convallis eu odio. Integer eu malesuada leo, placerat semper neque. Nullam id volutpat dui, quis luctus magna. Suspendisse rutrum ipsum in quam semper laoreet. Praesent dictum nulla id viverra vehicula. Vestibulum ante ipsum primis in faucibus orci luctus et ultrices posuere cubilia Curae; Maecenas ac nulla vehicula risus pulvinar feugiat ullamcorper sit amet mi.

Nam et nulla rutrum, dignissim eros quis, dictum eros. In ullamcorper molestie neque, ac faucibus felis efficitur sed. Nam et tristique nisi. Cras iaculis venenatis libero. Suspendisse fermentum, ipsum ac facilisis elementu.

Библиоурок А.И.Софронов - Алампа 140 сааһыгар аналлаах

Алампа "Сүллүүкүн" кэпсээнин ааҕан 6 -с кылаастар аахсыйаҕа кытыннылар.

Библиоурок А.И.Софронов - Алампа 140 сааһыгар аналлаах

Сэтинньи 16 күнүгэр 5-6 кылаас оҕолоругар библиоурок буолан ааста. Алампа олоҕун, айар үлэтин кэпсэтиһэн ырытыстыбыт. "Алампаны ааҕан аас" аахсыйаҕа кытынныллар.

"Алампаны ааҕан аас" аахсыйа кыттыылаахтара


"Алампаны ааҕан аас" аахсыйа

Сэтинньи 14 күнүгэр А.И.Софронов - Алампа төрөөбүтэ 140 сылыгар аналлаах Алампаны ааҕан аас аахсыйаны Телиги олохтоох библиотекара Сардана Николаевна көҕүлээһининэн ыытылынна. Олус үчүгэй интэриэһинэй идея өссө сылын аайы сайдан истин, элбэх ааҕааччынытүмэн библиотекаҕа сылдьыыны элбэттин.

Остуоруйа нэдиэлэтэ уһуйааҥҥа

Сэтинньи 12 күнүгэр уһуйааҥҥа остуоруйа нэдиэлэтин чэрчитинэн ыалдьыттаатым. Араас дойду остуоруйаларын билиһиннэрии. "Татыйык уонна Тымныы оҕонньор" туһунан остуоруйаны ааҕан ырытыстыбыт. Оҕолор остуоруйа кинигэлэрин сэргээн көрдүлэр.

Ураа, каникулы!

Остуол оонньуута оҕоҕо саха эйгэтин, төрүттэрбит үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит үгэстэрин, күннээҕи түбүктэрин, ураты дьарыктарын билиһиннэрэр "Саха эйгэтэ" оҕону сайыннарар лотуо буолан ааста. Кыайыылаах бастакы остуолтан Беляев Максим 3 кылаас үөрэнээччитэ буолла.

Сэтинньи 4 күнэ Сомоҕолоһуу күнэ

Сомоҕолоһуу күнүн чэрчитинэн 5-6-7 кылаас үөрэнээччилэригэр1612 сыллаах историческай түгэн суолтатын туһунан олус умсугутуулаах медиаурок,, билиини тургутар биктэриинэ,«Биһиги күүспүт - түмсүүгэ" кинигэ быыстапката уонна 8-10 кылаастарга, улахан дьоҥҥо сылын аайы буолар этнографическай дьыктаан ыытылынна. Быйыл дьыктааҥҥа 18 киһи кытынна.

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин үлэһиттэрин күнэ бэлиэтэнэр.

(День воспитателя и всех дошкольных работников)

С.Н. Михайлов аатынан Чыамайыкы уһуйаанын туһунан өр сылларга үлэлээбит ветеран үлэһиттэргэ, билигин үлэлии сылдьар коллективка идэлээх бырааһынньыктарыгар анаан, бэлэх быһыытынан видео оҥордулар. Видеону урукку хаартыскаларынан таҥан, аныгы технологиянан тилиннэрэн оҥордо уһуйаан үлэһитэ Тимофеев Н.П.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр аналлаах кинигэ быыстапката

Күндү ааҕааччылар!
Сахабыт сирэ үрдүк аатын, күүһүн-уоҕун бигэргэппит, судаарыстыбаннаһын олохтообут улуу күнүн көрсө, библиотекаҕа анал кинигэ быыстапката турда.
Манна Сахабыт төрүт историятын, норуотун хорсун быһыытын, култууратын баайын, тылын күүһүн, литературатын үтүөтүн кэпсиир кинигэлэр турдулар. Бу кинигэлэр нөҥүө төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэр, киэн туттуу тыынын үрдэтэр, өйү-санааны сайыннарар, сырдык санааны көҕүлүүр, төрөөбүт сирбит туһунан билиилэри хаҥатар кинигэлэри ааҕарга ыҥырабыт. .
Кэлэн көрөргүтүгэр, ааҕаргытыгар!

Историческая викторина «Дорогами Великой Отечественной»

Интеллектуально-тематическая игра из 3 раундов:

1 раунд: Даты и события (5 вопросов)

2 раунд: Герои фронта (5 вопросов)

3 раунд: Тыл (3 вопроса)

Участники продемонстрировали хорошую эрудицию, игра прошла в дружеской атмосфере. По итогам всех раундов с небольшим отрывом победу одержала команда девочек.



22 ИЮНЯ

ДЕНЬ ПАМЯТИ И СКОРБИ

Тематические информационные материалы
для использования в работе при проведении мероприятий,
посвящённых Дню памяти и скорби 22 июня 2026 года
Проморолик(продолжительность32 секунды) https://clck.su/OPURT

Информационная страница с
методическими рекомендациями и
иными материалами для
скачивания
https://22июня.историческаяпамять.рф/

“Ыһыах” диэн тугуй? Өйдөбүлэ уонна суолтата

Ыһыах – бу үрдүкү Айыыларга уонна сир-дойду иччилэригэр үҥүү, сүгүрүйүү, көрдөһүү буолар. Ол аата сиэр-туом. Сахалар кыстыкпытын этэҥҥэ туораатыбыт диэн от-мас көҕөрөн, айылҕабыт уһуктубутун кэннэ Айыыларга анаан, «саҥа дьылбыт» диэн ааттаан үөрэн-көтөн ыһыах сиэрин-туомун толоробут. Бу төрүт итэҕэли кытта ыкса ситимнээх. Ыһыаҕы аан бастаан ким тэрийэн ыыппытын туһунан араас этиилэр бааллар. Бастаан ыһыаҕы Үрүҥ Айыы Тойон орто кыыһа Кыыс Айыы, уйгу-быйаҥ үксээтин диэн тэрийбит. Оттон былыргы сэһэннэргэ сурулларынан ыһыаҕы маҥнай Эллэй ойоҕунуун Сыппайдыын ыспыттар, эбэтэр кини уола Лабаҥха ойуун ыспыт. Сахалар хайдах ыһыахтыылларын туһунан үгүс матырыйааллары XVIII-XIX үйэлэргэ биһиги дойдубутугар кэлэ сылдьыбыт айанньыттар, политсыылынайдар Я.И. Линденау, Р.К. Маак, И.А. Худяков, В.Л. Серошевскай уо.д.а бэлиэтээбиттэр. Ону таһынан саха чинчийээччилэрэ А.А. Саввин уонна С.И. Боло сахалар хайдах ыһыахтыылларын туһунан суруйан хаалларбыттар. Кинилэр бары ыһыах анал кэмҥэ уонна анал сиргэ оҥоһулларын, саха дьоно ааттарын-суолларын киэҥ сиргэ ыытаарылар, улахан ыһыахтары тэрийэллэр диэн эппиттэр. Ол курдук, ыһыах буоларын тэрийэр киһи — биллэр кинээс, дьоҥҥо-сэргэҕэ биир сыл иннинэ иһитиннэрэр эбит. Ханнык айыы ойууна (кэлиҥҥи кэмҥэ алгысчыт), ханнык бөҕөс тустарын, ханнык ат сүүрэрин сурах ыытан ыһыаҕар үгүс киһи кэлэрэ үһү.

Иккис Камчатскай экспедиция кыттыылаахтара И.Г. Гмелин уонна Г.Ф. Миллер, саха дьоно ыһыахха күнү көрсөллөрүн сиһилии суруйбуттарын, историк, этнограф Г.В. Ксенофонтов «Ыһыах» диэн үлэтигэр немец тылыттан нууччалыы тылбаастаан хаалларбыт. Бу матырыйаалтан көрдөххө, экспедиция дьоно 1736 с. ыам ыйын 30 күнүгэр Дьокуускайтан 14 км тэйиччи сиргэ биир кинээс ыһыах ыспытыгар сылдьыбыттар.
Тойон ураһатыгар үөһээ үрдүк айыыларга сүгүрүйэн, үрүҥ ойуун алгыс тылын этэн күнү көрсүбүт. Кинилэр, саха дьоно күҥҥэ сүгүрүйэн илиилэрин өрө ууналларын, тус-туспа бэлиэтээбиттэр. Ол курдук Г.Ф. Миллер эппит: «По окончании этой церемонии все присутствующие кричат «Уруй!» и руками к лицу своему махали», оттон И.Г. Гмелин: «При этом свои руки двигали перед лицом», — диэбиттэр. Ол аата сахалар 275 сыл анараа өттүгэр итэҕэллэрэ күүстээх буолан, күнтэн күүс-уох ылаллар эбит.
Саха биллиилээх фольклориһа А.А. Саввин архыыпка баар матырыйаалыгар Ыһыахха, Ынахсыт тардыытыгар, алгысчыт алгыс этэригэр илиитин өрө уунан баран, бэйэтигэр аҕалан түөһүгэр тутан иҥэринэр диэн суруйбут. Бу «уруйдаан ылыы» диэн ааттанар эбит. Ол аата биһиги өбүгэлэрбит ыһыах күн, сарсыарда эрдэ илиилэрин үөһэ уунан, күнү көрсөр сиэри-туому толороллор эбит. Бу кыһалҕалаах кыһыны, сааһы этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэммиттэрин үөрүүтүн бэлиэтэ буолар. Илиилэрин өрө уунан, үөһээ үрдүк айыылартан, сир-дойду, от-мас иччитэриттэн саҥа кэлэр дьылга оҕо-уруу, сүөһү-ас дэлэйэригэр көрдөһөллөр.
Билиҥҥи кэмҥэ биһиги, сахалар, итэҕэллээх, культуралаах эрэ буоллахпытына, атын омуктар ытыктыы көрүөхтэрэ. Ол иһин ыһыахха алгыс этэн, үөһээ үрдүк айыыларга сүгүрүйэн, быйаҥы, дьолу-соргуну көрдөһөн, кымыһы ыһабыт. Урукку кэмҥэ ыһыаҕы үрүҥ ойуун салайан ыытар эбит буоллаҕына, билигин алгысчыт ыытар.
Ыһыахха сиэмэх (хара) ойууттар сылдьаллара уонна ыттар бааллара көҥүллэммэт. Тоҕо диэтэххэ, хара ойууттар үс дойдунан сылдьар буолан, араас абааһылары кытта кыттыһаллар, кинилэр ыарахан тыыннаахтар. Оттон ыттар ыһыах түһүлгэтин киртитиэхтэрин сөп, тоҕо диэтэххэ ыт кутуругар абааһы сөрүөстэр, ол иһин ыһыахха кини сылдьарын боболлор. Тоҕо диэтэххэ, түһүлгэҕэ абааһыны, куһаҕан тыыны батыһыннаран киллэрэн, алгыһы тохторуохтара дии саныыллара. Оччоҕо алгыс иччилэргэ, айыыларга тиийбэт. Ыһыахха бастаан алгыс этэн, сиэр-туом толоруллар, кымыс иһиитэ барар, ол кэнниттэн оонньуу, көр-нар тэриллэр. Онно киирэллэр: оһуохай, оҕунан сыал ытыы, тустуу, таас көтөҕүүтэ, ат сүүрдүүтэ. Аныгы кэмҥэ саха маҥнайгы Президенэ М.Е. Николаев, ыһыаҕы национальнай бырааһынньыгынан ааҕан, бэс ыйын 21-22 күннэригэр, күн уһаан турар кэмигэр, тэрийэр буоллулар.

Туһаныллыбыт литература:
Федоров А.С. Өбүгэ сиэрэ-туома / А.С.Федоров. – Дьокуускай: Бичик, 2011. – 488с.

Р.П.Матвеева аатынан Едюгейскай тыа сирин модельнай библиотекатын матырыйаалыттан интернет ситимиттэн ылылынна.

19 июня отмечают Всемирный день детского футбола

19 июня праздник отмечают в России и мире День детского футбола этот праздник был учрежден в 2001 году благодаря совместному соглашению между Детским фондом ООН (ЮНИСЕФ) и Международной федерацией футбола (ФИФА). Главная цель этого события — привлечь детей к спорту, популяризовать здоровый образ жизни и подчеркнуть важность развития командного духа.

6 июня 2026 года 227-летие со дня рождения Александра Сергеевича Пушкина

В 1997 году вышел указ президента России об установлении Пушкинского дня — с тех пор писателя и поэта ежегодно чествуют в день его рождения. Владея более чем десятком языков (включая древнегреческий), с детства был очарован французским языком и французской поэзией и свои первые стихи в 8-летнем возрасте Пушкин писал по-французски. Личная библиотека поэта насчитывала около 3500 томов, из которых лишь треть была на русском языке

«Сказка о рыбаке и рыбке» А. С. Пушкина

Ученицы 5-го класса Романова Полина и 4-го класса Дьячковская Алина прочитали и обсудили сказку А. С. Пушкина «Сказка о рыбаке и рыбке» — поучительную историю о жадности и неблагодарности.
Старик отпускает пойманную золотую рыбку, но его сварливая жена заставляет просить у неё одну награду за другой. В итоге, пожелав стать «владычицей морскою», старуха теряет всё и возвращается к разбитому корыту.
В процессе чтения и последующего обсуждения девочки пришли к выводу, что это назидательная история о губительной силе алчности. Главная мораль сказки заключается в том, что чрезмерная жадность и неумение ценить то, что уже имеешь, до добра не доводят. Произведение учит быть благодарным за добро, проявлять смирение и помнить, что за все свои поступки приходится отвечать.

«Сказка о рыбаке и рыбке» А. С. Пушкина

Ученицы 5-го класса Романова Полина и 4-го класса Дьячковская Алина прочитали и обсудили сказку А. С. Пушкина «Сказка о рыбаке и рыбке» — поучительную историю о жадности и неблагодарности.
Старик отпускает пойманную золотую рыбку, но его сварливая жена заставляет просить у неё одну награду за другой. В итоге, пожелав стать «владычицей морскою», старуха теряет всё и возвращается к разбитому корыту.
В процессе чтения и последующего обсуждения девочки пришли к выводу, что это назидательная история о губительной силе алчности. Главная мораль сказки заключается в том, что чрезмерная жадность и неумение ценить то, что уже имеешь, до добра не доводят. Произведение учит быть благодарным за добро, проявлять смирение и помнить, что за все свои поступки приходится отвечать.

Наши будни


Бэс ыйын 1 күнэ, Оҕо көмүскэлин күнэ

Аан дойдутааҕы Оҕо көмүскэлин күнүгэр анаммыт "Ураа, каникулыы!" тэрээһиммит быйыл Саха норуодунай суруйааччыта Н.Мординов - Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 120 сылыгар ананна. "Тоҕус төгүл тоҕо?" айымньытынан тематическай интерактив, ону таһынан көрдөөх оонньуулар, ырыа-тойук, үҥкүү-битии буолла. Оҕолор 3 хамаандаҕа арахсан оонньоотулар. Кинигэттэн төрдүс, бэһис, сэттис "Тоҕо" -ну таланнар доргуччу сыанаҕа оруолларынан арахсан аахтылар, инсценировкалаан көрдөрдүлэр. Талбыт"Тоҕо"-лорунырыттылар. Бу хамаандаларынан өссө эбии көрдөөх түһүмэхтэргэ кыттан, бүтэһиккэ Филиппов Филипп хамаандата кыайыыны ситистэ. Оҕолор минньигэстэринэн наҕараадаланан үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Ыам ыйын 27 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи сылын аайы ыытыллар #СилаКниги-2026

Үгэс быһыытынан сылын аайы ыам ыйын 27 күнүгэр #CилаКниги аахсыйа бэлиэтэнэр, Бүтүн Арассыыйатааҕы бибилэтиэкэ күнүгэр сөп түбэһиннэрэн ыытыллар. Сүрүн сыала-соруга – ааҕыыны тарҕатыы, кинигэҕэ интэриэһи үрдэтии, бибилэтиэкэлэргэ болҕомтону тардыы.

Быйыл Мария Степанова хомуйан оҥорбут "Остуоруйа алыптаах дойдуларынан" диэн араас омук остуоруйалардаах кинигэни доргуччу ааҕан, ис хоһоонун кэпсээтилэр 2-3-4 кылаастар.

«Күн уота сырдатар сандаархай сарсыарда,Пионер ырыата киэҥ куйаарга ылланар...»

Күндү доҕоттор! Бүгүн — ыам ыйын 19 күнэ, үгүс көлүөнэ дьон оҕо саастарын кэрэ кэмин, доҕордоһууну уонна чиэһинэй буолууну санатар улахан бырааһынньык — Пионерия күнэ. Ытыктабыллаах пионерскай хамсааһын бэтэрээннэрэ, эһигини барыгытын бу үтүө бырааһынньыкпытынан эҕэрдэлиибин! Пионер саастаргыт сырдык сылааһа, эдэркээн сүргэҕит, инникигэ эрэлгит уонна үтүө санааҕыт күн бүгүҥҥэ диэри сүппэтин. Эһиги инники көлүөнэ ыччакка холобур буола сылдьаҕыт, «Куруук бэлэм!» буолар модун санаалаах, кэрэ дьулуургутун сүтэримэҥ.

#Архив2022,2024сыл

Мэҥэ Хаҥалас оройуона Аҕа дойду улуу сэриитин сылларыгар 1941-1945 сс.

Чыамайыкы нэһилиэгэ 32-с кинигэ сүрэхтэниитэ

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар устуоруйаны кэрэһэлиир үйэлэргэ өйдөбүнньүк кинигэлэр дириҥ ис хоһоонноох, улахан суолталаах, киэҥ далааһыннаах бырайыактара олоххо киирэригэр биир санаалаах дьон сомоҕолоһон, түмсэн үлүскэн үлэни көрүстүлэр. Улуус үрдүнэн нэһилиэктэр бары чинчийэр сүдү үлэни ыытан 34 томнаах кинигэни таһаардылар.
Онтон биһиги нэһилиэкпититтэн кинигэҕэ быһаччы үлэлэспит дьоммутунан буолаллар салайааччы, олохтоох библиотекарь Романова С.П., Филиппова А.П., Васильева Н.Н., Голомарева Е.А., Романова Д.А., Попова П.Н.

Кинигэ СӨ национальнай уонна муниципальнай архыыптарыгар харалла сытар докумуоннарыгар олоҕуран хомуллан таҕыста.Кинигэбит 6 чаастан турар. Нэһилиэктэринэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин АИС-ЭЛАР электроннай фондатыгар, мун.архыыптары хасыһан свод таблица оҥоһуллан, билиҥҥи туругунан Мэҥэ Хаҥаластан барыта 4198 киһи сэриигэ ыҥырыллан барбыта чуолкайданна.

Ол иһиттэн бу уоттаах сэриигэ төрөөбүт ийэ буор сирдэрин көмүскүү Чыамайыкы нэһилиэгиттэн 3 холкуостан “Ворошилов”, “Молотов”, “Сырдатыы” 110 киһи сэриигэ ыҥырыллыбыта. Төннөн кэлбитэ 66 киһи, сэрии толоонугар сураҕа суох сүппүттэрэ, өлбүттэрэ 44 киһи
Анаан хомуллубут докумуоннарынан сирдэтэн, биһиги нэһилиэкпититтэн урут ахтыллыбатах фроҥҥа ыҥырыллыбыт маннык дьону эбии буллубут:
1. Адамов Андрей Дмитриевич, 1917 сыллаах төрүөх, комсомолец, партиялаах, начаалынай кылаас учуутала, 1942 сыллаахха сэриигэ барбыт.
2. Дьячковскай Иван Петрович, 1916 сыллаах төрүөх, «Молотов» колхуос бэрэссэдээтэлэ, 1942 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллыбыт.
3. Макаров Василий Прокопьевич, 1915 сыллаах төрүөх, “Сырдатыы” колхуос чилиэнэ, 1942 сыллаахха ыҥырыллан барбыт.
4. Саввин Василий Степанович, 1909 сыллаах төрүөх, холкуостаах, доруобуйатын туругунан сыыйыллыбыт.
5. Семенов Николай Тихонович, 1919 сыллаах төрүөх оробуочай, доруобуйатын туругунан сыыйыллыбыт.
6. Кириллин Михаил Софронович, 1918 сыллаах төрүөх, 1943 сыллаахха ыҥырыллан сэриигэ барбыт.
7. Яковлев Иван Егорович – учуутал

Кинигэ сүрэхтэниитин хоһоонунан астылар алын кылаас уолаттара Прокопьев Роберт, Дьячковский Айсен, Федоров Алдар «Чыамайыкы уолаттара» сал. Алексеева Т.Р., ырыаларынан киэргэттилэр Анна Ивановна Федорова уоннабиир дойдулаахпыт Надежда Сидорова тылбаастаабыт „Туруйалар“ ырыананженсовет түмсүүтэ түмүктээтэ.


Наши будни


27 мая День библиотеки

Общероссийский день библиотек 27 мая выбран не случайно. Дата приурочена к дню основания первой государственной общедоступной библиотеки России — Императорской публичной библиотеки. Она была открыта в Санкт-Петербурге по указу Екатерины II именно 27 (16 по старому стилю) мая 1795 года. Сам праздник был официально учрежден указом президента РФ в 1995 году

Кыайыы күнүн бэлиэтиир тэрээһин чэрчитинэн оскуола бибилэтиэкэтин кытта «Улуу Кыайыы аатынан» кинигэ быыстапката тэрилиннэ.

«Диктант Победы» — международная историческая акция

Онлайн Диктант Победы -2026 сайтка киирэн дьыктааны оҥорон , бэйэҕитин тургутан көрүн.


Библионочь -2026

Сылын аайы ыытыллар бүтүн Арассыыйатааҕы «БиблиоНочь - 2026» аахсыйа быйыл«Норуоттар сомоҕолоһуулара – Арассыыйа күүһэ!» диэн девизтээхбуолла. Оҕолор 2 хамаандаҕа арахсан 3 түһүмэхтээх оонньууга күрэхтэстилэр.

1 түһүмэх:"Миигин өйдөө" интеллектуальнай оонньуу

2 түһүмэх: Хоһооннору доргуччу иэйиилээхтик ааҕыы

3 түһүмэх: Импровизация. Хамаанданан задания толоруу

4 түһүмэх: «Арассыыйа норуоттарын доҕордоһуулара» диэн тиэмэҕэ хамаанданан уруһуй

Маны барытын дьүүллээтилэр, биһиги библиотекабыт ааҕааччылара Надежда Николаевна, Прасковья Васильевна. Тэрээһин истиҥ, доҕордуу балаһыанньаҕа буолан ааста уонна айар дьоҕур, тэҥҥэ үлэлэһии оҕолору, биир сомоҕо буоларга чаҕылхай холобурунан буолла.

Блокада Ленинграда. Библиочас

Үөрэнээччилэр блокада историятыгар харамайдар оруолларын туһунан өйдөбүлү ыллылар уонна Ленинград олохтоохторун хорсун быһыыларын туһунан саҥа чахчылары биллилэр.

Презентация улахан интэриэһи үөскэттэ: оҕолор кэпсэтиигэ көхтөөхтүк кытыннылар, ыйытыылары биэрдилэр.

Оскуола уонна бибилэтиэкэ бииргэ үлэлээһиннэрэ тэрээһини дьикти уонна долгутуулаах оҥордо.


Библиочас «Без срока давности» День памяти жертв геноцида


Космонавтика күнэ бэрт сэргэхтик ааста.

Космонавтика күнүн бэлиэтиир тэрээһин чэрчитинэн, оҕолорго космос туһунан билиилэрин кэҥэтэр, фантазияларын, моторикаларын, кэпсэтэр дьоҕурдарын сайыннарар туһуламмыт интэриэһинэй интерактивнай аралдьытыы буолла.

Улууска оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтии нэһилиэкпитигэр #Подариигрушку акция биллэрдилэр оҕо саадын үлэһиттэрэ.

Муус устар ый устата "Корзина радости" олохтоох библиотекаҕа туруоҕа. Ыам ыйын 1 күнүгэр түмүктэнэр. Нэһилиэкпит олохтоохторо 100% кыттыахтара, оҕолорго үөрүүнү аҕалыахтара диэн эрэнэбит.

Култуура сылыгар анаммыт "Аах.Бил.Кыай" өй санаа оонньуута Алтан нэһилиэгиттэн саҕаланна.

Муус устар 7 күнүгэр Алтан нэһилиэгин култууратын киинигэр 8 нэһилиэк кыттыылаах бастакы төгүлүн "Аах.Бил.Кыай" 5 түһүмэхтээхөй - санаа оонньуута ыытылынна. Хас биирдии нэһилиэктэн 4 кыттааччылаах хамаанда тэриллэн, бэрт сэргэхтик кытыннылар. Ол курдук: Холгума -Бырама, Хомпу -Тиэлиги, Алгыстаах айан-Хочо, Толоон-Бүтэйдээх, Күннээх Үрүйэ - Моорук, Уол Табаҕа - Табаҕа, Алтаана -Өлөчөй уонна Чыпчаал - Чыамайыкы хамаандата. Бу оонньууга өй эрэ буолбакка, тарбах талаана эмиэ олус улахан оруолу оонньоото. Тыҥааһыннаах оонньуу түмүгүнэн Бүтэйдээхтэр - Толоон хамаанда кыайыыны ситистэ уонна ыам ыйын 25 күнүгэр улууска финальнай оонньууга киирэр буолла.

Чыамайыкыттан "Чыпчаал" хамаанда тэринэн олус үчүгэйдик кытыннылар Семенов Павел Егорович, Иванова Надежда Владимировна, Васильева Надежда Николаевна, Максимова Дарианна Гаврильевна. Библиотека тэрээһиннэригэр аккаастаммакка өрүү кыттар дьоммутугар улахан махталбытын тиэрдэбит.


Муус устар 2 күнэ Аан дойдутааҕы оҕо кинигэтин күнэ

Бүгүн Улуу остуоруйаһыт Ганс Христиан Андерсен төрөөбүт күнүгэр анаммыт Оҕо кинигэтин Аан Дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр. Бырааһынньык көҕүлээччитинэн ньиэмэс суруйааччыта Йелла Лепман буолбута, оттон официальнай быһаарыыны Оҕо уонна ыччат литературатыгар Аан Дойдутааҕы сэбиэт ылыммыта.Бырааһынньык сыала кыра сааһыттан ааҕарга тапталы иҥэрии, ааҕыы наадатын санатар, оҕолорго анаан үлэлиир автордары, худуоһунньуктары уонна таһаарааччылары өйүүр.

Кулун тутар 28 күнүгэр "Сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах" А.А. Дьячковскай сырдык аатын үйэтитиигэ ананар кинигэ сүрэхтэниитэ буолла

Кинигэҕэ Чыамайыкы нэһилиэгэр, К.К.Байкалов аатынан, "Наахара" сопхуоска, "Иирэлээх" бааһынай хаһаайыстыбаҕа таһаарыылаахтык үлэлээбит Коммунистическай үлэ удаарынньыга, Чыамайыкы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, "Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кылаатын иһин" бэлиэлээх, "Үлэҕэ килбиэнин иһин" мэтээллээх, "Улууска бастыҥ хаһаайыстыба", "Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үтүөлээх сүөһү иитээччи" анал ааттарынан бэлиэтэммит, интенсивнэй уотууга туруу үлэһит, сылгыһыт, Байанайдаах булчут, элбэх оҕо аҕата, эһэтэ, Дьячковскай Афанасий Афанасьевич туһунан дьиэ кэргэнин, аймах-билэ дьонун, доҕотторун, үөлээннэхтэрин ахтыылара, хаартыскалар киирдилэр.














Кулун тутар 25 күнүгэр Саха сирин комсомолун күнэ

Кулун тутар 25 күнүгэрСаха сирин комсомолун күнүгэр анаан урукку комсомоллар мустан, ол саҕанааҕы кэми санаан, ырыа ыллаан, быыстапка көрөн, Анна Ивановна Архипова айбыт "Комсомол ахтылҕана хоһоонун" истэн тарҕастыбыт.

"Үтүө киһи аата үйэлээх" диэн Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Российскай Федерация иитиитин уонна үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, "За заслуги перед районом" бэлиэ хаһаайына, Чыамайыкы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Анна Кононовна Романова сырдык аатыгар кинигэ сүрэхтэниитэ.

Кулун тутар 21 күнүгэр оскуолаҕа "Үтүө киһи аата үйэлээх" диэн Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Российскай Федерация иитиитин уонна үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, "За заслуги перед районом" бэлиэ хаһаайына, Чыамайыкы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Анна Кононовна Романова сырдык аатыгар кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста. Кинигэ 7 түһүмэхтэн турар. Кинигэҕэ балтылара Вера Сергеевна, Александра Кононовна сыраларын ууран үлэлэстилэр. Сүрэхтэниигэ үөрэппит оҕолоро, үөлээннээхтэрэ, бииргэ үлэлээбит коллегалара кэлэн ахтан санаан аастылар, кыттыыны ыллылар. Олохтоох библиотекаҕа кинигэ бэлэхтээтилэр.

Кулун тутар 21 күнүгэр Аан дойдуга поэзия күнэ.

Бу күн олохтоох автордар хоһооннорун быыстапкалаатыбыт, аахтыбыт, ырыттыбыт. Биир дойдулаахпыт "Төлөн" ансаамбыл ырыаһыта Гаврил Куприянов "Чыамайыкым ахтылҕана" ырыа буолбут хоһоонун ыллаатыбыт.

"Чөмчүүк" коллекционердар түмсүүлэрэ

"Чөмчүүк" коллекционердар түмсүүлэрэ Амма Эмиһигэр доҕордуу көрсүһүүгэ бараары мунньах

Республиканская акция «Вместе против глаукомы»

6 марта будет Республиканская акция "Вместе против глаукомы" связи с этим мы пригласили в библиотеку местного фельдшера Дьячковскую С.Н. Провели инфочас для 2-х классов (кл. руководитель Голоморева Е.А), раздали рекомендательные листовки, сделали гимнастику для глаз.

Олунньу 13 күнэ

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах сылын аайы ыытыллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыктааҥҥа кытынныбыт.

Төрөөбүт тыл — биһиги сүрүн баайбыт, норуот быһыытынан уратыбыт буолар.Бу бырааһынньык бастакы Президент М.Е. Николаев ыйааҕынан, олунньу 9 күнүгэр1996 сыллаахха,сахалыы суругу-бичиги төрүттээччи, учуонай-лингвист, саха тылын үөрэхтээһинигэр акылаатын уурбут Сэмэн Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр анаммыта. Төрөөбүт тылбыт мэлдьи киэн туттуулаахтык уонна маанытык иһилиннин, олохпутун байыттын, ааспыты, билиҥҥини уонна кэскили ситимниир бигэ муоста буоллун!

Мэҥэ Хаҥалас улууһа төрүттэмитэ 96 сылыгар

Мэҥэ Хаҥалас улууһа төрүттэммитэ 96 сылыгар оскуолаҕа "Проба пера"-лары кытта медиа-урок оҥорон көрдөрдүбүт уонна "Билэҕин дуо?" (карточканан) остуол оонньуута ыыттыбыт.

Мэҥэ Хаҥалас улууһа төрүттэммитэ 96 сыла.

Мэҥэ Хаҥалас улууһа төрүттэммитэ 96 сылыгар аналлаах Чыамайыкы нэһилиэгин устуоруйатын туһунан "Төрүт түөлбэ" медиа-уруогу киирэн көр.

Киэн туттар дьоммут.

Куорсун анньынар кыһабытын аан бастаан оскуола аанын астарбыт ытык – мааны дьоннорбут – Михайловтар.

Саҥа сайты туһанарга улуус библиотекатыгар үөрэх.

Бүгүн тохсунньу 29 күнүгэр улуус библиотекатыгар саҥа сайтка нэһилиэк библиотекардарыгар үөрэх буолла.